Анатолий Бурнашов - До5оттор: текст песни

Песня "До5оттор" в исполнении Анатолий Бурнашов: текст из 34 строки, 6 блоков. Для караоке есть автопрокрутка, а режим заучивания прячет каждое второе слово, чтобы повторять текст по памяти.

Анатолий Бурнашов - До5оттор, текст песни
Содержание
  1. Текст песни
  2. Популярные тексты песен

Текст песни "До5оттор"

Эһиэхэҕэ элбэх тылы эппэппин
Мин үтүө доҕотторум,
Эр киһилии эркин курдук эрэнэр
Мин чулуу уолаттарым,
Эһигинниин буоллахпына
Сарсыҥҥылаах сананабын,
Дьол кыымнарын туттахпына
Үөрүүбүн үллэстэбин.

Сүүрүктэри өксөйөр да күннэргэ
Биир сүрүнү тутуһан
Хайалары дабайар да кэмнэргэ
Биир ыллыгы батыһан,
Очурдарга охтубакка
Ыарахантан чаҕыйбакка,
Туппут суолтан туораабакка
Олох устун айанныахха.

Хос ырыата
Уруккубун умнубатах буоламмын,
Көнө суол сирдьиттээхпин,
Инникигэ итэҕэллээх буоламмын,
Икки төгүл күүстээхпин!

Эһиэхэҕэ элбэх тылы эппэппин

Мин үтүө доҕотторум,
Эр киһилии эркин курдук эрэнэр
Мин чулуу уолаттарым,
Баҕарабын эһиэхэҕэ
Сарсыҥҥыгыт сандаарыйдын,
Мэлдьи үүнэ-сайда туруҥ,
Дьоллоох буолуҥ доҕотторум!

Хос ырыата
Уруккубун умнубатах буоламмын,
Көнө суол сирдьиттээхпин,
Инникигэ итэҕэллээх буоламмын,
Икки төгүл күүстээхпин!

Популярные тексты песен

Хотите выучить слова? Откройте тренажер заучивания текста или суфлер с автопрокруткой на весь экран.